Якутской Авт.С.С.Р.
г. Олекма
I Нерюктейск (п/отд.)
«Комбайн»
Жирохову Аф. Ив.
Полевая почта 97649 (?имя не разборчиво)
Дорообо убайым
Куприян.
Аан бастаан тугу ханныгы суруйуом (ининэ) уоттаах төлөннөөх приветтэ тут.
Биһиги олоробут үчүгэй. Мин 5го А.к. үөрэнэбин.
Быйыл бэһис класс икки А уонна б диэн кластар бааллар. Маамам тыаҕа тахсыбыта. Дьҕгүөркэ тыаҕа тахсан икки тайаҕы өлөрбүтэ. Ол иһин маамам биэтин тыаҕа илдьэ тахсыбыта. Эниэхэ мааман кыһынны таҥаскын бэлэмниир . Убайым аах эньиэхэ түнэ этэрбэс тикэллэр. Бурдук түҥэттиидэ мөлтөх быһыылаах. Маамам биһикки огурокка үлэлээн күнэ суохбут. Сорох огурокка үлээбиттэр уонча, сүүрбэччэ күннээхтэр. Толя өлүөр сылдьар. Эн табаахта ыыт диэбит эдиҥ.
Дьэ табах чааһа мөлтөх. Манна табахсуох быһыылаах. Соҕуруу табах баар үһү.
Тээтэм, Семен таайбар табахта ыыт диэбитэ. Семен таайым табах ыыттаҕына ытыахбыт. Манна бээбит да буллахбытынан ытыахбыт. Мин биир бөппүрүөскэ табаҕы бу сурукка уган ыытыам. Үөрэҕим чааһын аныгыс сурукбар биллэриэм.Мин урут иккитэ сурук ыыппытым ону туттуҥ дуо? Эн сурукуҥкэллэҕинэ эньигин көрбүт курдук үөрэбит. Шарик олус тииҥньит. Дьөгүөркэ нояб ыйга 900м. Мөһөөктөөхтөн тахсалааҕы өлөрдө.
Маны гытта убайым суругум ыыттым Итинэн мин крыа сурукум бүтэр.
Суруйдум эн балтыҥ Жирохова М.А.
26 ноября 1941 года
Киэһэ руомуна 7 чааска
Суруйан бүттүм.
Тээтэм эт эттээн марай-сарай суруйдум.
Сорохо сыыһа буолуо.